Бүгүн Саха АССР уонна РСФСР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Ленин, Кыһыл Сулус, Үлэ Кыһыл Знамята орденнар кавалердара Николай Васильевич Егоров төрөөбүтэ 120 сыла

Николай Васильевич Егоров ахсынньы 3 күнүгэр 1903 сыллаахха Үөһээ-Бүлүү улууһун ll Үөдүгэй нэһилиэгэр элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтэ. Абаҕата Супту Испирдиэн Билиилээх алааһыгар, сиэнигэр ханыылыы көрөн ыҥырара. Онон, ойор күннээх оҕо сааһа Билиилээх түөлбэтигэр ааспыта. Семён Прокопьев диэн политсыылынайы ыҥыран уолаттары ааҕарга-суруйарга үөрэттэрбитэ. Иккиэн да сүрдээх үөрэххэ дьоҕурдаах оҕолор этэ, Иван математикаҕа, Николай тылга. Иван Григорьев сахаттан бастакы математика наукатын учёнайа, Москватааҕы Бауман аатынан институт доцена, Николай Васильевич Егоров методист, 40-тан тахса учебник автора, учууталлар Учууталлара. Сахалыы саҥа, сурук-бичик сайдарыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит Үтүө Киһи аата умнуллуо суохтаах, үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ туруохтаах.

Николай Васильевич Егоров 1903 сыл ахсынньы 3 күнүгэр Үөһээ — Бүлүү оройуонугар II Үөдүгэй нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.

1915 с. Үөһээ — Бүлүүтээҕи 4 кылаастаах инородческай оскуоланы бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн Бүлүү куоракка педагогическай хайысхалаах үрдүкү II ступеннаах оскуоланы бүтэрбитэ.

1922 с. Үөдэй нэһилиэгэр бастакы оскуоланы арыйбыта, Ньурба улууһа. 1924-1929 сс. Үөһээ-Бүлүүгэ учууталынан, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

1929-1932 сс. Тааттаҕа Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй оскуолатын салайбыта. Саҥа оскуола, интернат туттарбыта, библиотекатын байыппыта, бастыҥ опыты тарҕатар тирэх оскуола оҥорбута.

1932 -1937 сс. Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар Хаптаҕайга ЯНООШ (Якутское национально опорнообразцовая школа) анаммыта. Хаптаҕай оскуолатыгар үлэлиир сылларыгар саха оҕолоругар аналлаах учебниктары уонна пособиелары суруйуунан дьарыктаммыта.

1937-1942 сс. Дьокуускай куорат №2 оскуолатыгар директорынан, завуһунан, учууталынан үлэлээбитэ, учебниктары суруйарын салҕаабыта.

1942-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.

1945-1954 сс. Дьокуускай куорат Ефим Иванович Курашов аатын сүгэр №2 орто оскуолаҕа завучтаабыта.

1954 — 1982 сс. (ЯРИУ) Дьокуускайга Республикатааҕы учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт педагогикаҕа уонна начальнай кылаастарга кабинетын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Н.В. Егоров улахан 6 араас учебнигы суруйбута уонна элбэх методическай үлэ авторынан буолар. Ол иһигэр 26 бэчээттэммит үлэлэрдээх.